ChatCrawlersearch across public Telegram Open the app
У

Улус Live

сообщение · 2026-09-02 00:16 UTC
G
Replymessage unavailable
Фотография
click to show
📚 Күндээдэҕэ орто оскуола аһыллыбыт 50 сылын бэлиэтиир Билии күнүгэр С.Г. Хардарысов оҕолоро, сиэннэрэ оҥотторбут мемориальнай дуоскаларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылыыта буолла. Бу тэрээһиҥҥэ анаан Ньурба улууһун үөрэҕин салалтатыттан Владимиров К.А., директор э.т. Варламова Е.Ф., аймахтар ааттарыттан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, физ.культура уонна спорт туйгуна, "Династия педагогов" бэлиэ хаһаайына Хардарысов С.С. бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын эттилэр. Степан Гаврильевич "Киһи дьоло - үлэҕэ" диэн өрүү этэринии үөрэххэ тардыһыылаах, үлэҕэ ситиһиилээх буоларга ыҥырдылар, чэлгийэ үүнэргэ баҕардылар! ✍🏻 С.Г. Хардарысов аатынан Күндээдэ орто оскуолата @gazetanyurba @ulusmedia
442 ·

Вся лента · оригинал в Telegram

Open in Telegram Каталог площадок Искать в ChatCrawler

A snapshot of an open public feed from the search index ChatCrawler — “Google for public Telegram”; refreshed as the venue is crawled. Times are UTC.

Public content only, official Telegram API. About · FAQ · What we do not do · Remove a page · Catalog